УҺУГУННА НЬУРГУҺУН Печать    
Наталья Михалева – Сайа тыллара

Ыллыы илик ырыам дуу,
Ыраах, ыраах ырам дуу,
Тиллэн кэллэ сүрэхпэр,
Тырымнаата харахпар.

Хос ырыата:

Уһугунна нарын иэйии,
Уһугунна үрүҥ айыы,
Уһугунна нарын иэйии,
Уһугунна оо, ньургуһун!

Таптал тылын таайтаран,
Санаа кыыма саҕыллан,
Сардаҥарда сырдык ыраас,
Үөрдэ-күллэ тулам сэмээр.

Хос ырыата.

Махтанабын кэрэ сааска,
Махтанабын эдэр сааска,
Ньургуһуннаах кырдалга,
Куруук үүнэр ырааска.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".