ХАЙГЫЫР, АХТАР ХАТАҺЫМ Печать    
М.Софронова тыла

Кэрэ тупсаҕай тутуулардаах
Кэккэлэспит элбэх дьиэлэрдээх,
Көҕөрдүүлээх уулуссалардаах
Көрүөхтэн сиэдэрэй Хатаһым.

Xос ырыата:

Хаһан да, ханна да бардарбын
Хайдах мин умнуомуй Хатаспын,
Хаһан да, ханна да тиийдэрбин
Хатаһым харахпар элэҥниир.

Хатаска күтүөттэр үксүүллэр,
Хатаска кийииттэр кэлэллэр,
Өбүгэ үгэһин утумнаан
Кэлэр кэм кэскилин тустүүллэр.

Хос ырыата.

Ханнык да кэм кэрдиис дьылларга
Хайҕанар үлэһит дьоннордоох,
Эрчимнээх эдэр саас эҥэрдээх
Ылбаҕай ырыаһыт ыччаттаах.

Хос ырыата.

Тардыылаах ыллыктаах Хатаһым
Талааҥҥа-дьоҕурга талаһар,
Дьон-сэргэ санаата түмүллэр
Дьол-соргу уйата буолуохтун.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".