ТҮҤ БЫЛЫРГЫ ТУЙМААДАТТАН Печать    
В. Кондаков тыллара

Эмиэ ханнык эрэ аргыс тыал
Эһиэхэҕэ миигин аҕалла,
Ыллыыр-туойар аналлаах сыал
Этэр күүһэ миигин булла.

Хос ырыата:

Нерүөн нөргүй, күндү дьонум —
Сыанаһыт көрөөччүлэрим!
Үүннэ дии долгуйар дьолум
Сүүрээнигэр бигэнэрим.

Кэллим дии ырыа ыллаары
Модун Лена кытылыттан,
Түмсэн-кэпсэтэн ааһаары
Түҥ былыргы Туймаадаттан.

Хос ырыата.

Аар Айыылар, алҕааҥ-силээҥ,
Ырыам ыраахха ньиргийдин!
Үтүө иччилэр, көмүскээҥ,
Дьикти музыка дьиэрэйдин!

Хос ырыата.

Аҕыста-тоҕуста алҕанан,
Хомунан мин ырыа ыллыым,
Онтон тойугум салҕанан
Кэллим мин бу ытык ымыым.

Xос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".