АЛААС ХОТУНА – ИЙЭЛЭР Печать    
Степан Дадаскинов тыллара

Ыччаппыт кэхтибэт
Ыралаах буоллун диэн,
Төрүөхпүт төннүбэт
Төлкөлөөх буоллун диэн,
Кэскили кэпсэтэ,
Кэрэни түстэһэ
Ийэлэр иһэллэр,
Инники иһэллэр
Айыы хотун,
Алаас хотуна — ийэлэр.

Олорор үйэбит
Очурун туоруурга,
Омуктар бэйэбит
Дьолбутун тутарга
Туруоҕуҥ диэрилэр
Ийэлэр иһэллэр,
Ийэлэр иһэллэр,
Инники иһэллэр
Айыы хотун,
Алаас хотуна — ийэлэр.

Алаастан төрүттээх,
Алаастан төлкөлөөх
Сахалар саҥалыы
Сайдыаҕыҥ, — диэн алгыы,
Ыраахтан-чугастан
Ыҥырсан - мунньустан
Ийэлэр иһэллэр,
Инники иһэллэр
Айыы хотун,
Алаас хотуна — ийэлэр, ийэлэр, ийэлэр.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".