САХАМ СИРЭ Печать    
Т. Дьүүгэ тыллара, Денис Данилов мелодията

Алар тыалаах,
Алмаас баайдаах
Айхал сирэ —
Сахам сирэ.
Күндү көмүс,
Көөнньөр кымыс
Дэлэй сирэ —
Сахам сирэ.

Ынах үөскүүр,
Сылгы үөрдүүр
Үтүө сирэ —
Сахам сирэ.
Саһыл оонньуур,
Саарба ууһуур
Саргы сирэ —
Сахам сирэ.

Тайах таптыыр,
Таба ааллыыр
Талба сирэ –
Сахам сирэ.
Дьолу көрдүүр,
Дьулуур үрдүүр
Дьоһун сирэ –
Сахам сирэ.

Алар тыалаах,
Алмаас баайдаах
Айхал сирэ —
Сахам сирэ.
Күргүөм үлэ,
Күүстээх сүрэх —
Күүрэр сирэ —
Сахам сирэ.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".