ТЫЫННААХТАР УМНУБАТ СЫЛЛАРА Печать    
Петр Одорусов тыллара

Тыһыынча тоҕус сүүс түөрт уон биир түөрт уон биэс
Тыыннаахтар умнубат сыллара,
Адьырҕа өстөөҕү кыдыйар ытык иэс
Андаҕар этиллэр тыллара.

Хос ырыата:

Ол этэ уот сэрии ынырык сыллара
Тыыннаахтар умнубат сыллара.

Биир ньыгыл сомоҕо модун күүс оҥорон
Партия норуоту түммүтэ,
Абарыы-сатарыы дууһаны толорон
Барыбыт санаатын күүрпүтэ.

Хос ырыата.

Хара дьай өстөөххө дойдубут сорҕото,
Хараарбат хаанынан ытыыра.
Партизан күүһүттэн уордайбыт гестапо
Оҕону, дьахтары ыйыыра.

Хос ырыата.

Күөҕүнэн чэлгийбит куораттар, селолар
Күл көмөр урусхал буолтара.
Бурдуктаах буолактар, сыһыылар, хонуулар
Эт сэмнэх өлүктэн туолтара.

Хос ырыата.

Хаан - хааҥҥа! Тыын - тыыҥҥа! Кырыктаах атаака,
Хатанан хаалбыттар харахпар!
Ийэ буор, сир, халлаан хаһыыта, ынчыга
Иһиллэр курдуктар кулгаахпар.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".