ЫҺЫАХ ЫРЫАТА Печать    
Дмитрий Апросимов тыллара

Коммунизм биэрэгэ
Күндээрийэн көһүннэ
Саҥа күүстээх үлэҕэ
Санаа өссө күүһүрдэ.

Хос ырыата:

Сайдар саха ыһыаҕар
Салалыннын сыл аайы,
Дьоллоох олох ырыата
Дуораһыйдын ыал аайы.

Манна быйаҥ айыллар
Маяк суолу сырдатар,
Көхтөөх үлэ үөһүгэр
Герой дьоннор элбииллэр.

Xос ырыата.

Сибэккилээх кырдаллыын
Сэриэдийдэ түһүлгэ
Чаҕыл күннүүн бу сыһыы
Чахчы тупсан киэркэйдэ.

Хос ырыата.

Күп-күөх тыабыт, алааспыт
Көччүйэргэ алыһын,
Иитэр чэгиэн сылгыбыт
Иһиҥ уохтаах кымыһын.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".