Ырыа кырдала > Бандеров Алексей > ХААР
ХААР14 августа 2007, 21:52. |
Лана Юргина тыллара
Саҥа түһэр маҥнайгы хаар, Дьикти ыраас саҥа хаар, Эндирдэрдээх олоҕум суолун Эргиппэттии саба түһэн Умуннарар, саҥа сырдык хаар. Олох саҥа кэрдииһигэр Олук уурар дьикти хаар Ол эрэн дьыл хонугун эбэн, Чанчыктарбар бэлиэ ууран ааһар Мин олохпор түһэн ааһар хаар. Хаар, хаар, хаар Сүрэҕи үөрдэр ыраас хаар, Сылааһынан сыдьаайар Сылаанньыта манньытар Мин олохпор саҥа түһэн ааһар хаар. « Төттөрү |