Ырыа кырдала > Бандеров Алексей > ХОМОТУМА, ТАПТАЛЫМ
ХОМОТУМА, ТАПТАЛЫМ14 августа 2007, 21:47. |
Алексей Бандеров тыллара
Тоҕо эрэ, туохтан эрэ Тымтан эн миэхэ Хатыылаах тыллары этэҕин, Ааспыт кэми эргитэҥҥин, Күнүүлүү санааҥҥын Курустук үөһээ тыынаҕын. Хос ырыата: Хомотума, тапталым, хомотума Холус тыллары этэҥҥин, Санатыма, доҕоччуок, санатыма Эдэр саас ааспыт алҕастарын. Үрэйимиэх, үргүтүмүөх Ыраас тапталы, Өйдөһүөх, өйөһүөх доҕоруом, Көрдөһөбүн, эргитимиэх Ол ааспыт кэмнэри, Долгуйбут санааны уоскутуох. Хос ырыата. Тоҕо эрэ, туохтан эрэ Тымтан эн миэхэ Хатыылаах тыллары этэҕин, Ааспыт кэми эргитэҥҥин, Күнүүлүү санааҥҥын Курустук үөһээ тыынаҕын. Хос ырыата. « Төттөрү |