Ырыа кырдала > Бандеров Алексей > ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ
ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ14 августа 2007, 21:45. |
А. Бандеров тыллара
Уол оҕо буолан Күн сирин көрбүт, Мэник оҕо сааһым Ааспыт кэмэ – Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт ийэ буорум. Хос ырыата: Ийэккэм амарах тыллара Иэйиинэн толору кууһара, Ол этэ умнубат кэмнэрим, Олоҕум маҥнайгы хардыыта – Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт ийэ буорум. Саас аайы онно Киирбэт күн тахсар, Мутукчам көҕөрөр, Кэҕэм чоргуйар – Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт ийэ буорум. Хос ырыата. Уол оҕо буолан Күн сирин көрбүт, Мэник оҕо сааһым Ааспыт кэмэ – Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт дойдум, Төрөөбүт ийэ буорум. Хос ырыата. « Төттөрү |