БЫСТАХ САНАА Печать    
Алексей Бандеров тыллара

Ардыгар, ардыгар
Күнүүлүү саныыбын
Атыҥҥа, атыҥҥа
Хараххын хатыыргын,
Төһө да эйиэхэ
Эрэнэр буолларбын,
Ыраата барарбар
Эйиэхэ этэбин:

Хос ырыата:

Быстах санаа былытыгар олорсон,
Сиккиэр тыалга үрдэрэн куотума,
Быстах санаа долгунугар уйдаран,
Сүүрүк хоту эн устан барыма.

Ыраата сылдьаммын
Эйигин суохтуубун,
Бэл диэтэр, түүн түһээн
Эн ааккын ааттыыбын,
Хап-хара хараххын
Бу баардыы көрөбүн,
Эйэҕэс куоласкын
Бу баардыы истэбин.

Хос ырыата

Ардыгар, ардыгар
Күнүүлүү саныыбын
Атыҥҥа, атыҥҥа
Хараххын хатыыргын,
Төһө да эйиэхэ
Эрэнэр буолларбын,
Ыраата барарбар
Эйиэхэ этэбин:

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".