Ырыа кырдала > Атласов Михаил > ХАҤАЛАСТАР БУОЛАБЫТ
ХАҤАЛАСТАР БУОЛАБЫТ2 октября 2007, 22:48. |
Георгий Борисов тыллара
Омоҕойтон, Эллэй эһэттэн Утумнаһан үөскээбит, Тыгын Дархан саҕаттан Тыллан, хаҥаан үксээбит Хос ырыата: Урааҥхайдыыр сахалар Удьуордара этибит. Ханыылаһан хаамсабыт, Хаҥаластар буолабыт. Орто дойду киэргэлэ Остуолбалыыр хайалаах, Уйгу-быйаҥ далбардаах, Улуу тойон арыылаах Хос ырыата. Өрөгөйдүүр дьылҕанан, Үрдүк дьоллоох суолунан, Кэҥээн сайдан иһиэхпит, Хаҥаластар дэтиэхпит. Хос ырыата. « Төттөрү |