ЭДЭР СААС Печать    
Толомон тыллара

Дьоллоох оҕо саастарым
Үөрбүт-көппүт кэмнэрэ,
Уостан-сүтэн бүтүмэҥ,
Сүрэхпиттэн тэйимэҥ.
Ама бүтүө дуо манан
Эдэр сааһым күннэрэ,
Олох добун суолугар
Үктээн уурбут кэмнэрэ.

Хос ырыата:

Эдэр саас, эдэр саас,
Эрчимирдэр эдэр саас,
Эдэр саас, эдэр саас,
Күрэнимэ миигиттэн.

Сааскы кэми таптыыбын
Эдэр сааспар ханыылыы.
Эргиттэрбин саҥалыы:
Көрүүй, халлаан үрдүгүөн,
Таптал күлэр күөх сааһа,
Көрүүй, тунал сырдыгынан
Дьоллоох мичээр сылааһа
Долгуттаҕыан дууһабын.

Хос ырыата.

Маннык дьоллоох сааскы кэм
Аргыс буоллун үйэ-саас,
Кырдьар диэни умнуоҕуҥ,
Өрүү эдэр буолуоҕуҥ.
Эппэр-хааммар бу бүгүн
Дьоллоох сааһым көрүлүүр,
Кэлэн иһэр күһүммүтүн
Үүрэр-кыйдыыр курдукпун.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".