Ырыа кырдала > Андросов Виталий > ЫҤЫРЫМА, ЫМСЫЫРДЫМА
ЫҤЫРЫМА, ЫМСЫЫРДЫМА14 августа 2007, 19:02. |
Семен Данилов тыллара
Ыҥырыма, ымсыырдыма Умнуллубут ырабынан, Ылламмакка кутаа кыыма Туман буолбут ырыабынан. Булуоҥ суоҕа мин дууһабар Дьол чэпчэки ырыаларын, Мин сүрэхпэр сөҥөн сытар Ааспыт кэмнэр айдааннара. Өйдүөҥ суоҕа соҕотоҕун Туохтан соҥуйа сылдьарбын: Мин — сир курус оҕотобун, Эн — дьол, сарыал кыыһынаҕын. Өйдүөҥ суоҕа куурбут маһы Күөх сирэм өйдөебөтүнүү. Былыргы саха алааһын Лирикатын билбэккинии. Мин өйдүүбүн ырыаҥ кыымын, Ымсыырабын, ылынабын... Ол эрээри ыҥырыма, Барыам суоҕа. Кырдьаҕаспын. « Төттөрү |