Ырыа кырдала > Андросов Виталий > ТЫЫННААХ ДИЭН ҮЧҮГЭЙ ДАҔАНЫ
ТЫЫННААХ ДИЭН ҮЧҮГЭЙ ДАҔАНЫ14 августа 2007, 19:01. |
Савва Тарасов тыллара
Күн көрдө, күн үөрдэ! Күлүмнүү-көрүлүү Күөх торҕо халлааҥҥа күөрэйдэ. Быһыыта ол онтон, Ол онтон санаатым: Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны! Чырылыы-чырымныы Чыычаахтар үөрүнэн Куттулар үөрүүлээх ырыаны. Быһыыта ол онтон, Ол онтон санаатым: Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны! Күн киирдэ, күн сүттэ... Көһүтэн турбуттуу Үрүҥ түүн налыйан бу түстэ. Быһыыта ол онтон, Ол онтон санаатым: Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны! Элэҥнэс чыычаахтар Эн сынньан диэбиттии Эмискэ ах баран хааллылар. Быһыыта ол онтон, Ол онтон санаатым: Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны! « Төттөрү |