БААРА БУОЛУО Печать    
П.Тобуруокап тыллара

Төгүрүччү көрө-көрө
Сибэккинн үргээмэ,
Үрүмэччи көтө-дайа
Түһэн аастын, үргүтүмэ.
Бэйэҥ киэнэ,
Эйиэнэ эрэ
Баара буолуо, баара буолуо.

Хараастаҥнын ыллыы-ыллыы
Хатыҥ тула хаамыма,
Уйа туттар кыһыл ымыы
Котокуну куттаама.
Бэйэҥ киэнэ,
Эйиэнэ эрэ
Баара буолуо, баара буолуо.

Атын уолу — туспа дьолу,
Аралдьыта ыллаама,
Ыалга тиэрдэр ыллык суолу
Киэһэ аайы манаһыма.
Бэйэҥ киэнэ,
Эйиэнэ эрэ
Баара буолуо, баара буолуо.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".