ТЫАМ СИРЭ Печать    

Саргылана Гольдерова тыллара

Тыам сирэ,
Эйиэхэ тапталым күүһэ
Өһүлүннэ да, мин бүтэбин.
Тыам сирэ
Эн баар буолаҥҥын
Өссө да кэрэни сөҕөбүн.

Хос ырыата:

Тыам сирэ -
Дьолум-соргум биһигэ
Сүрэҕим күөх сирэмэ.

Тыам сирэ -
Тапталым самаан сайына,
Олоҕум уостубат быйаҥа
Тыам сирэ -
Мин көҥүл тыыным уйата
Сахалыы санаам дууһата.

Хос ырыата.




 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".