Ырыа кырдала > Алексеева Н. > БҮЛҮҮГЭ ҮРҮҤ ТҮҮН
БҮЛҮҮГЭ ҮРҮҤ ТҮҮН9 февраля 2008, 23:56. |
И.Зверев тыллара
Үрүҥ түүн Бүлүүгэ налыйда, Үүт тураан үөһэттэн халыйда. Алартан сөрүүн тыал илгийдэ, Алаастан аан туман наскыйда. Үрүҥ түүн, бэлэхтээ миэхэ Үлүскэн өрөгөй үөрүүнү. Эймэнэр эдэркээн сүрэххэ Эриэккэс иэйиилээх түгэни. Кэрии тыа бигэнэ чуумпурда. Кытылга күөх иирэ утуйда. Өрүс, күөл долгуна уоһунна Үөл-дьүөлгэ мөлбөйө уһунна. Аар Бүлүү биэрэгэр киирэммин Аас хатыҥ аннынан хаамабын. Долгураҥ үрдүгэр тураммын Долгуйа сэгэрбин күүтэбин. « Төттөрү |