ХАЙЫАҤ ЭТЭЙ ЭН? Печать    
Александра Алексеева тыллара

Хайыаҥ этэй эн, ырыабар мин
Абылыыр бэйэҕин хоһуйдарбын?
Хайыаҥ этэй эн, илиигин сүрэхпэр
Сыһыары тутаммын ыллаатарбын?

Хос ырыата:

Саныаҥ этэ дуо, суохтуоҥ этэ дуо,
Таптыаҥ этэ дуо эн миигин?

Хайыам этэй мин ырыабар эн
Абылатан тиийэн кэллэргин?
Хайыам этэй мин, эйиигинниин
Бииргэ буолуохха эн диэтэргин?

Хос ырыата:

Саныам этэ дуо, суохтуом этэ дуо,
Таптыам этэ дуо эйиигин?


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".