САРСЫАРДА Печать    
Көрүүй дуу сарсыарда,
Көмүс күн барахсан,
Саҕахтан арахсан,
Күөрэйэн таҕыста.
Олоххо угуйар,
Дьол–соргу тыалынан,
Өлбөөрбүт өҥнөрү,
Саҥалыы дьэргэттэ.

Хос ырыата:

Арай кып – кыракый,
Кыракый күөрэгэй,
Дьурулас ырыатын,
Үөһэттэн куппута.

Сотору сирэм сир,
Сардаҥа сарыалын,
Сүрэҕэр иҥэрэн,
Сылааһын ыймахтыа.
Сотору ийэ сир,
Сырдыктан таһымнаан,
Сүүс кэрэ өҥүнэн,
Долгуйа ыспахтыа.

Хос ырыата:

Үрдүк күөх халлааҥҥа,
Күлүмнүүр долгуҥҥа,
Күөрэйэ көппүтэ,
Үөрүүнү туойбута.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".