Ырыа кырдала > Алексеев Аркадий > ЫЙДАҤА ТҮҮН
ЫЙДАҤА ТҮҮН9 августа 2007, 13:04. |
Николай Попов тыллара
Үчүгэйиэн, ыйдаах түүн Тыынан устар – үрэххэ, Эрчимирдэр эн күлүүҥ Эрдэн биэрэн истэххэ. Хос ырыата: Үчүгэйиэн, үрдүбэр Үрүҥ туман быыһынан Кууһуох курдук лабаалар Хоҥкулдьуһан ылаллар. Тугу эмэ санаарыый – Сулус сүүрэр ол үөһэ, Эн сүрэххин аһаарыый Бу күһүҥҥү түүн үөһэ. Хос ырыата. Ый суолуттан туораамыах – Дьолу тута устуохха. Бу күөх түүнү, доҕоччуок, Ырыа гынан туойуохха. Хос ырыата. « Төттөрү |