Ырыа кырдала > Алексеев Аркадий > ЭЛГЭЭЙИ
ЭЛГЭЭЙИ9 августа 2007, 13:01. |
Иван Алексеев тыллара
Уйгуну уһансар совхозтаах, Аатырар айылҕа музейдаах, Бөҕөстөн, быһыйтан удьуордаах, Дорҕоонноох ырыалаах-тойуктаах. Хос ырыата: Мин кэскилгэ дьулуурум, Мин төрүт Ийэ буорум, Мин эрэллээх эркээйим – Мин таптыыр Элгээйим! Үөрэх, өй уотунан сырдааҥҥын, Эдэртэн эйэтин ылаҥҥын, Кырдьаҕас алгыһын тутаҥҥын, Кэхтибэт кэрэни айаҕын. Хос ырыата. Үүт үрэх сүүрүктүү кутуллар, Үрдүктэр инники дабааннар, Күөгэйэ хамсыыллар күөх тыалар, Тыалырар от, бурдук муората. Хос ырыата. Дьон-сэргэ ыһыаххар чуоҕустун, Оһуокай дьиэрэйэ туруохтун, Йэ-саас, дьол-эйэ тосхойдун, Үс сахам төрүөҕэ ууһуохтун. Хос ырыата. « Төттөрү |