Ырыа кырдала > Алексеев Аркадий > СҮРЭХТЭР КЭПСЭТЭР КЭМНЭРЭ
СҮРЭХТЭР КЭПСЭТЭР КЭМНЭРЭ9 августа 2007, 12:19. |
Петр Тобуруокап тыллара
Күн уота суоһаамыы-суоһаама, Күөх лабаа хамсаамыы-хамсаама, Күөрэгэй барахсан, ыллаама, Үүннүлэр күүтүүлээх түгэннэр - Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ. Киэһэбит лууҥкурдуун-лууҥкурдун, Кэриибит чуумпурдун-чуумпурдун, Кэҕэбит кэпсэлэ уоскуйдун, Үүннүлэр үчүгэй түгэннэр, Үүннүлэр кэскиллээх түгэннэр - Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ. Үүт туман үллүктүү халыйда, Үрүҥ түүн налыйдар налыйда, Үрүмэ долгуран уһунна. Үүннүлэр үөрүүлээх түгэннэр, Үүннүлэр өрөгөй түгэннэр - Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ « Төттөрү |