ТУЛА ӨТТҮМ ТУЛА ХААР Печать    
Петр Тобуруокап тыллара

Тула өттум тула хаар,
Чуучугуруур тунал хаар!
Үрүҥ көмүс оһуор тыа
Симэхтэрэ илирдиир,
Кылбачыйар кыым кырыа
Күн уотугар дьиримниир.

Тула өттүм тула хаар,
Чуучугуруур тунал хаар!
Хотоол хонуу сирдэрбэр
Хомурахтар хоммуттар,
Ыарҕа талах лабаалар
Ыллыктара оспуттар.

Тула өттүм тула хаар,
Чуучугуруур тунал хаар!
Куруппааскы ойуулуур
Кыраһата кылбаарда,
Халыһыйар дьурулуур
Хайыһарым кыйаарда.

Тула өттүм тула хаар,
Чуучугуруур тунал хаар!
Халысханнаах сыырдарбар
Хайыһарбын салайдым,
Ыраас кылбаҥ сыырдарбар
Ыллыы-туойа дьаарбайдым!  


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".