СИБЭККИЛЭР Печать    
Семен Данилов тыллара

Күн күлүмүнэн күлэллэр
Көмүс төбөлөөх сардааналар,
Дьол туһунан дорҕоонноохтор
Чэмэлиспит тимэх оттор.

Хос ырыата:

Сибэккилэр, сибэккилэр...
Харах саатыыр,
Сүрэх үөрэр.
Сир симэҕэ сиэдэрэй сибэккилэр,
Сибэккилэр барахсаттар.

Алаастарбар дьэргэспиттэр,
Алыс, алыс тупсубуттар.
Кып кыһыллар, туус маҥаттар,
Халлаан күөхтэр, саһархайдар.

Хос ырыата.

Алаас налыы халдьыатыгар,
Арылы халлаан анныгар
Ийэ дойдум дьолун туойар
Киэргэл буолан тураллар.

Хос ырыата.


 

Сайт зарегистрирован в Федеральном Агентстве
по информационным технологиям
Свидетельство №11945 от 6 мая 2008 года

Автор проекта - Синильга
сайт открыт 17 августа 2007 © Ырыа кырдала
Условия использования материалов, размещенных
на сайте «Ырыа кырдала»

Доступ к сайту бесплатен для пользователей
Экспресс-Сеть, Гелиос-ТВ, ЯГУ, Наука, Оптилинк, Сахаспринт и для сетей ADSL и "Столица".